Бу дьыл, от ыйын 5 күнүгэр, күндү дьоммут, Мария уонна Иван Пестряковтар Туймаада туонатыгар, Сахабын сирин эстрадатын киэҥ саалатыгар бииргэ ыал буолан олорбуттарын 50 сылын "кыһыл көмүс" сыбаайбаларынан билиэтээтилэр. Үгүс аймах дьон, үөлээннээхтэрэ түмсэн бэрт астык киэһэ буолла. Өтөрүнэн көрсүбэтэх аймах-билэ дьоммутун көрсөн, дуоһуйа кэпсэттибит, дьоммутун эҕэрдэлээтибит. Эдььийбитигэр Марияҕа, күтүөппүтугэр Уйбааҥҥа улахан махтал тылын этэн туран, кытаанах доруобуйаны, өссө да уһун дьоллоох олоҕу баҕарабыт.
Санаа астастахха чопчуланыан сөп
Бэҕэһээ, ватсапка аймахтар группаларыгар бу хаартыска хас сыллаахха түһэриллибитин быһаарсыы барда. Хаартыскаҕа бэйэтигэр 1972 сыл диэн бэлиэтэммит этэ. Ол эрэн 1974 сыл буолуон сөбүгэр курдук уонна Бэйдиҥэҕэ Ыһыахха буолуон сөп.
Маннык ырытыһыы барара олус наадалаах. Кэмин, түгэнин чопчулаан сурукка киллэрэн иһиэ этибит. Ким, өссө туох этиилээх суруйун.
Хаҥастан уҥа тураллар: Тимофеева (Говорова) Елизавета Михайловна, эбээбит Винокурова Александра (Өлөксөөс), Дьөгүөр, биллибэт киһи, Винокурова Клара, ийэбит Мария Иннокентьевна Татаринова Ленаны көтөҕөн турар, Андросова Роза кыыһын Феяны көтөҕөн турар, Местникова Кээтии арааһа Саргыны көтөҕөн турар, Федотов Володя, иннигэр Говоров Киэсэ кэргэнэ Аана, Говоров Киэсэ, Замятина Февронья (Хобороос), Дегтярев Миитээ, Портнягина Марфа, Дьяконова (Портнягина) Дуня, Портнягин Ньукулай, Маайа Протодьяконова оҕотун көтөҕөн турар, Дегтярев Сааска.
Оҕолор: Дегтяревтар Люба, Надя, Уля, Миша, Коля, Федотова Люба, Андросов Витя, кини кэннигэр ?, Охлопков Сэмэн, Дегтярева Варя, ???
БҮГҮН ЭРГИЭН ҮЛЭҺИТТЭРИН КҮНЭ
Эргиэн ситимигэр үлэлиир бары аймахтарбытын професиональнай бырааһынньыктарынан истиҥ эҕэрдэ!
Улуу Кыайыы 75сылын көрсө
Быйыл, Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө, 25 сыл аннараа өртүгэр Николай Ефимович быраатынаан Ефим Дегтяревтуун Кыайыы 50 сылыгар оҥоһуллубут пааматынньыгын сөргүтэн, Күөл Эбэттэн төрүттээх биир дойдулаахтарбыт харчынан кыттыһан эбии комплекс оҥоһулунна. Идея көтөҕөөччүнэн Екатерина Макаровна Аммосова буолта, ону бары өйөөн, харчы хомуйан оҥоһулунна. Скульптордар Бурцев Владислав Александрович үонна Эляков Петр Иннокентьевич. Бу комплекска, А5а Дойдутун Улуу сэриитин кэмигэр, тыылга үлэлээбит "Кыһыл Кэккэ" колхоз олохтоохторун ааттара үйэтитилиннэ.
Михаил Дегтярев быйылгы оттооһунун түмүктээтэ
Быйыл олус кураан, ону ааһан балай эмэ аһыҥа туран окко төрүт эрдэ киирии буолла.
"Дегтяревтар аймах 2020" cыллата тахсар ыйынньык күн сирин көрдө
Введите текст статьи