- +79142734747
- г. Якутск
- dnn67@mail.ru
Дегтяревтар АЙМАХ
АХТЫЫЛАР
ЭДЬИИЙ МААЙА
Биһиги ийэбит, Мария Николаевна Шестакова (Дегтярева), 1926 сыл тохсунньу 28 күнүгэр, Уус Алдан оройуонун II Бэрт Ууһун нэһилиэгэр төрөөбүт. Тоҕус сааһыгар ийэтэ өлөн, түөрт сыл балыс быраатынаан Гавриллыын (Кускуу), үчүгэйдик көрбөт аҕаларынаан тулаайах хаалбыттар. Хойутаан оскуолаҕа үөрэнэ киирэн баран, иккис кылааска үөрэнэ сылдьан оскуолатыттан тохтообут. Биир сыл үөрэммэтэҕин, аҕатын оҕоҕун үөрэппэтин диэннэр, өссө биир сыл үөрэнэн баран тохтоон, “Кыһыл Кэккэ” колхуоска үлэлии барбыт.
Наһаа ынырык сут-кураан сыллар үһү, ити сыллар. 1941 сыллаахха таайбыт Дьөгүөр илдьит ыыппыт: “Миигин эдьиий Маайа кэлэн ыллын эрэ, Чыычаах о5онньор сэрэмээт курунан таһыйар”,-диэн. Ийэбит истээт, Ньукулай эһэбитигэр этэн, ыла барар буолбут. Бу, таайбытын төрөөрү, ийэтэ өлбүт, ол иһин биэһин ааһыар дылы, биһиги эһээбит аах ииппиттэр. Аҕата Дьэким, иккис кэргэннэнэн баран ылбыттар. Бу 1941 сыл, Дьэкимнээх кэргэнинээн, утуу-субуу өлбүттэр. Дьэким муҥурдааҕа ыалдьан эмискэ өлөн, аны кэргэнэ иһигэр оҕото өлөн хаалан куораттаппыттар, онтон төннүбэтэх. Кыайан таһаарбатахтар, онно көмүллүбүт. Биэс оҕо тулаайах хааланнар, улахан Ньукулайы ийэтин дьоно ылан Ефимов Николай Семенович буолар, Коляны уонна Уляны, биһиги ийэбит, уон биэс саастаах кыыс, Дьөгүөрү эрэ ыла тиийэн баран, үс оҕону илдьэ кэлэр. Кылыыһыт тэлиэгэлээх оҕуһунан, быраатын Ганяны (Кускууну) доҕор оҥостон илдьэ барбыт. Мэҥиэ диэн, оҕолоох тыһаҕас уонна түппэх таҥас (биир киһи утуйар таҥаһа), ону сыарҕатыгар тэлгээн оҕолорун олордон айанныыллар. Үрдүк сыырдаах сиргэ, тэлиэгэм түҥнэстиэ диэн, оҕус сүнньүгэр олорон быатыттан үөһэ тардан маһыгар үктэнэн, дьэ сыырдарын аргыый түһэн, айаннаан кэлбиттэр. Ньукулай дьэ кыыһырара буолуо диэн куттанар. Оҕолоро урут сүүрэн киирэн: “Ньукулай абаҕаа, биһиги кэллибит»,-диэн, таайым Ньукулай эппит. Эдьиийбит Уля, рахиттаан нэһиилэ хаамар үһү.
Ол кэннэ дьэ, оҕолорун иитээри, түүнүн күтэр хороонун хаһан, бурдук хаһааһын эҥин хомуйаллар үһү. Онтон сааһын эбинэн, паек ылаары, 1942 сыллаахха, 16 саастаах кыыс, уон сэттэм диэн, МТС-ка тырахтарыыс үс ыйдаах куурсугар үөрэнэ киирэр. Паегун дьонугар ыытар эбит. Дьөгүөр, суол аҥаарыгар утары кэлэн ылар үһү. Оннук үөрэнэн, дьэ үлэлии барар.
“Кыһыл Кэккэ» колхуоска трактористыыр. Маһынан оттуллан собуоттанар ЧТЗ тракторга. Кыһынын, ол трактордарын оттоллоругар, мастарын бэйэлэрэ бэлэмнииллэр эбит. Онно, быраатын Дьөгүөрү илдьэ сылдьар эбит. Дьөгүөрдүүн, тымныыга икки атынан баран ат холун быатын атаҕынан тирэнэн туран баайар этим диирэ. “Биһиги тугу барытын фроҥҥа, тугу барытын кыайыы туһугар!”,-диэн лозунунан салайтаран үлэлээбиппит диирэ.
Бастаан ЧТЗ маркалаах тракторга, маховигын луому олуйа уган баран олуйа тардан собуоттанар тракторга үлэлээбитим диирэ. Тракторист кыргыттар, бары уол оҕо курдук таҥна сылдьарбыт, былааччыйа олох кэппэттэр эбит. Биир кыыстара оннук кэлэн, былааччыйатыттан хаптаран, вентиляторга эриттэрэн, атаҕын тоһуппут, быстарбыт. «Продукта карточкалара биэрэллэрэ, онтукалара арыы, бурдук, саахар, диэн суруктаах буолаллара. Сорох дьыл, ыһыыга анаан 40 киилэ бөдөҥ, усааҥка сэлиэһинэй кэлэрэ. Мин иккилии куулу кыбына, кыбына, маҥхааһай чөчүүгэр илдьэн сүөкүүрүм. Уопсайынан, ыһыы-хомуур үлэтэ, киһи сыратын-сылбатын ылара. Аны хомуйбут бурдукпутун илиинэн эриллэр биэтинкэнэн ыраастырбыт. Үчүгэйин эһиилги ыһыыга уурарбыт, куһаҕанын үс муннуктаах гречкаҕа майгынныыр, бурдугу кытта үүнэр тарыыһаны, аһылыкпытыгар анаан уурарбыт.
Трактор уруулугар олордум эрэ, төһө да бааһына быыллаах, буордаах буоллар, ырыа-хоһоон айан ыллыыр этим. Маннык хоһуйбуттааҕым:
Радиатор сойутардаах,
Чугуун блок көҕустээх,
Коромысло кыттыгастаах,
Станкалыын ыстанан
Толкательга охсуллан
Колочекка бэриллэр
Будулҕаннаах буруолаах,
Карбюратор куртахтаах,
Поршень тэбэр сүрэхтээх
Бастыҥ, мааны магнето,
Искратын биэртэлээн
Баалларыгар үллэртээн,
Маховигы эргитэр.
Коробкабыт холбонон
Муфта, сцепления күүһүнэн,
Оскуораһы уларытан
Кардааннарбыт хатыйсан
Хаамтарарга күһэйэр.
Фрикцион сырыыта
Туормастыырга туһалаах,
Гусеница барыыта
Хаамтарарга наадалаах!”.
Маннык ыллыыр этэ, наһаа үчүгэйдик саныыра, бу тракторын.
1947 сылга дылы трактористаабыт. Ол күһүнүгэр, субан сүөһү көрө, Бэрт Хара ылбыт сиригэр, Суотту суолун төрдугэр киирэр.
1948 сыл, муус устар 7 күнүгэр, аҕабытынаан холбоһоллор, Дойдуга кэлэн Мэҥэ кийиитэ буолар. Бастакы уолун, 1949 сыллаахха, Коля диэн оҕотун Уус Алдаҥҥа оҕолонор, бу уол үс сааһыгар тиийбэккэ, тымныйан өлбүт. Онтон, оҕолоро элбэх буолан, оскуоланы эккирэтэн, 1965 сыллаахха Төҥүлүгэ көһөн кэлэллэр. Барыта тоҕус оҕолоноллор. Совхозка дояркалаабыта, сайынын эбии биэ ыыр этэ, ыһыахха кымыс оҥорорго.
Улахан кыыс Дуня Тулагыга, орто кыыс Рая Майаҕа. Билигин 28 сиэн, 45 хос сиэн, 3 хос хос сиэн, дьоммут олохторун салҕыыллар.
Раиса Гаврильевна Протодьяконова, кыыһа
2020 с.
УБАЙ НЬУКУЛАЙ
Ефимов Николай Семенович 1927 сыл, муус устар 1 күнүгэр, Уус-Алдан улууһун II Бэрт Ууһун нэһилиэгэр, дьадаҥы бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕата, Дегтярев Ефим Николаевич 1899 сыллаах төрүөх, ийэтэ – Дегтярева Матрена Семеновна (Ефимова) 1906 сыллааҕы төрүөх. Кэлин колхуоска киирэн, колхуостаах бааһынай этилэр. Олохсуйан олорбут сирдэрэ Таампара алааһа эбит (автор этиитинэн).
Бииргэ төрөөбүт бэһиэ этилэр: Дегтярев (Ефимов) Николай , Дегтярев Егор, Дегтярев Николай, Дегтярев (Замятин) Михаил , Дегтярева (Федотова) Ульяна. Саамай улаханнара Ньукулай, эһээтигэр, ийэтин аҕатыгар, Ефимов Сэмэн оҕонньордооххо иитиигэ бэриллибит. Ол иһин фамилията Ефимов уонна аҕатын аата Семенович буолбут.
1940 сыллаахха, 9 саастааҕар, Орто Эбэ сэттэ кылаастаах оскуолатыгар бастакы кылааска үөрэнэ киирбитэ. 13 састааҕар Чараҥ оскуолатын төрдүс кылааһын үөрэнэн бутэрбитэ. Онтон дьоно өлөннөр, тулаайах хаалан ситэ үөрэммэккэ үлэҕэ-хамнаска эриллэн, улахан дьоннору кытары үлэлээн барбыта. 1943 сыллаахха “Кыһыл агроном” колхуоска араас үлэлэргэ, тыылга күннэри-түүннэри оҕуһунан оройуоҥҥа почта таһара. Ол иһин “1941-1945 с.с. Аҕа Дойдуну көмүскүүр сэрии бириэмэтигэр килбиэннээх үлэтин иһин”, Сталин мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
1949-1951 сылларга Уус Алдан культуратын дьиэтигэр завхоһунан киирэн үлэлээбитэ. Кыра эрдэҕиттэн ырыаҕа-тойукка сыһыаннаах буолан, культура үлэтигэр сыстан үлэлэһэрэ, кыттара. 1954 сыллаахха оройуоннааҕы промкомбинатка столярынан үлэлии киирэр. 1955 сыллаахха Нам оройуонун Хатырык нэһилиэгэр булчуттуур, мас да кэрдиитигэр сылдьар, Мохсоҕоллооххо улэлиир.
Онтон олох олорор сыалтан 1956 сыллаахха Майаҕа кэлэн, оччолорго Сельстрой тэрилтэҕэ, дьиэ тутуутугар үлэҕэ киирэр. 1957 сыл олоҕун аргыһын Гоголева Вера Петровнаны көрсөн, холбоһон ыал буолбуттара. Вера Петровна Уус Алдан Найахытыттан төруттээх. Майаҕа, өр кэмҥэ, ветстанцияҕа кассирынан, бухгалтерынан үлэлээн пенсияҕа тахсан олорор.
Кинилэр бастаан утаа, билэр эмээхсиннэрин кыра балаҕан дьиэтигэр олорон, онтон дьиэ туттан үс оҕолонон, 42 сыл бииргэ ыал буолан олорбуттара. Үлэлээбит сылларыгар ПМК-ҕа 28 сылы быһа, ол иһигэр 21 сыл эҥкилэ суох тутуу столярынан үлэлээбитин элбэх грамоталар бигэргэтэллэр. Самодеятельность активнай кыттыылааҕа, тойуксут-алгысчыт этэ. Кэлин, Үрүҥ Ойуун Кондаков быһаарыытынан, күүстээх эмчит буолуоҕун, кырдьар сааһыгар ситэ арыллыбакка хаалбыта.
Николай Семенович, күн сириттэн барыар диэри, туохтан да аккаастаммакка, оройуон, тэрилтэлэр көрдөһүүлэрин ылынан, алгысчытынан, тойуксутунан сылдьыбыта. Кинитэ суох биир да Ыһыах аһыллыбат этэ.
Оройуон хаһыатыгар үлэҕэ көҕүлүүр элбэх ыстатыйалары биэрэн корреспонденнаабыта. Республика радиотыгар ыллаан биһиринэрэ, радио фондатыгар уһуллубута.
Биһиги аҕабыт көрсүө, сэмэй майгылаах, сырдык ыраас санаалаах, дууһалаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктанар, кэрэ куоластаах, түргэн ыраас туттуулаах, боростуой үлэһит киһи этэ. Ол да иһин норуот таптаан “Көмүс тарбах”, диэн ааттыыра.
Үс кыыһа үһүөн үөрэтэр-сырдатар үлэҕэ үлэлииллэр, бары ыаллар.
Вера Петровна Гоголева, кэргэнин ахтыыта.
2017 сыл.
ДЬӨГҮӨР
Дэхтириэп Дьөгүөр бырааттарынаан, балтытынаан, ийэлэрэ аҕалара эмискэ утуу-субуу олохтон баран тулаайах хаалбыттара. Иккиэн муҥурдарынан моһуогурбуттар. Ийэлэрэ эрэйдээх, Дьокуускайга киирэн эппирээссийэлэнэн баран, иһигэр маарылла (тампон) хаалан, онтон моһуогуран иһэ сытыйан бараахтаабыт. Онон көмус уҥуохтара куоракка Никольскай таҥаратын дьиэтин таһыгар кемуллубут. Тулаайах хаалбыт оҕолор ыар дьылҕаланыахтарын, эдьиийдэрэ Маайа ( Шестакова Мария Николаевна) тиэйэн, аҕатыгар Дегтярев Николай Николаевичка (Чукку Ньукулайга) аҕалан онно иитиллибиттэрэ. Сут кураан буолан улахан Ньукулай Ефимовтарга, кыра Михаил Замятиннарга иитиигэ бэриллибиттэрэ.
Ыал улахан оҕото буолан, Дьөгүөр, барыга барытыгар боччумнаах, туохтан да иннэн-толлон турбат, тугу баҕарар сатыыр, ис иһиттэн мындыр, булугас өйдөөх уол буолар.
Төрөппүттэрин төлө тутаат, аймахтарыгар олордор даҕаны, хайаан да иннибин бэйэм көрүннэхпинэ, суолбун солоннохпуна сатанар диэн, бигэтик быһаарыммыта. Үөрэниэн баҕарбытын иһин хайыай, тулаайах киһи үлэлээн, кыра бырааттарын, балтытын иитиһэр мүччүрүйбэт иэстээҕэ, ону толорор туһугар турууластаҕына табыллара. Хата сүрэхтээх, бүгүрү үлэһит буолан, дьонтон сириллибэт, ордук хос саҥарыллыбат этэ. Аймах аймаҕынан сиик буолан симэлийбэтин, туман буолан көппөтүн туһугар бэйэ иннин көрүнэн, бырааттарын киһи хара оҥорорго үлэлээн, астарын таҥастарын хааччыйарга кини эрэ сүүрэн көтөн көмөлөһөр аналлааҕын билэрэ, өйдүүрэ. Оччотооҕу ыалларга киһи ордугургуу көрөрө туохтара да суоҕа. Бары, утуйар таҥастарын кытта аһыыр иһиттэрин илдьэ, ыалларга дьукаахтаһан олороллоро, хара сарсыардаттан хараҥарыар диэри үлэҕэ сылдьаллара.
Дьөгүөр тыаҕа таҕыстаҕына хайаан да туох эрэ саҥаны бэлиэтии көрө охсор оһуобай кыраҕы харахтааҕа. Аар тайҕаны, айылҕаны аһынан таптыы, харыстыы анаарара. Хайа кыыл хаһан кэлэн ааспытын, ханна хайыспытын таба таайар дьоҕурдааҕа. Онно сөптөөх миэстэни булан тоһуур ууран, туһах иитэн, хапкааннары хаалларан, хаарынан саба тарыйан ааһара. Икки хоноот олору кэрийэн илии тутуурдаах, өртүк харалаах төннөрө. Булт тосхойоро дьол. Киниэх кыыл тэһиитэ, көтөр бэрдэ тыһытыйан, сыт ылан киирэн биэрэрэ. Бэл онноҕор тракторынан айаннаан истэҕинэ, аҥаалык улар аарыма тииккэ көһүтэн олорор буолара. Киис, солоҥдо, кырынаас олус сөбүлүүр, онно сүүйтэрэр, сыттаах аһылыктарын мэҥиэ уурталыыра. Кини атыттартан туспатыйар уратыта диэн, олус мындыр, булугас өйдөөх хоһуун булчут этэ. Туйма үрэх догдоон ойуурдарын өрө-таҥнары, уһаты-туора сыыйан, араас кыыллар суолларын ааҕа билэр буолан, наадалаах булт тэрилин иитэлээн ааһара. Бултуур ыыра, саата, тэрилэ булчукка барытыгар баар уонна ахсаанынан даҕаны аһара элбэҕэ суоҕа. Айылҕаттан айдарыылаах, атыннык эттэххэ, баартаах буолан Байанай кинини байымнык маанылыыра. Аҕыс ыйы быһа араас бултаах тыаҕа сылдьыы арыынан-сыанан аҕаабат, байанай даҕаны харыыта суох харааннаабат кэмнэрдээх, биэрэр-биэрбэт киһилээх. Онуоха санаатын түһэрбэт, сылааны, силбиги аахсыбат, ахсаабат, дьулуурдаах тыаһыт табыллар.
Модун күүстээх көлө Бороҕоҥҥо кэлиэҕиттэн, механизатор идэтэ биһирэтэн барбыта. Бэрт Ууһуттан тимир миҥэ тэһиинин тутан тигинэтэ сүүрдүбүт бастакы трактористартан биирдэрэ Дегтярев Михаил Петрович этэ. Кини кэнниттэн, уот тыыннаах ураты көлө уруулун бырааттара туппуттара.
Егор Ефимович1954 сыллаахха Найахыга аһыллыбыт трактористар курстарыгар үөрэнэн механизатор буолбута. Ахсым тыраахтар аттанан саас ыһыыга, сайын окко, хадьымалы хорутууга, бурдук хомуйуутугар, кыһын онтон мантан оту-маһы таһыыга үйэ чиэппэрин устата үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Арыгы, табах дьаллыгар ылларбакка, үлэҕэ буһан-хатан, дьоҥҥо болҕомтолоох, үлэтигэр кыһамньылаах, бэриллибит сорудаҕы улгумнук толоругас, бэйэтин идэтигэр бэриниилээх, тулуурдаах, дьулуурдаах үлэһитинэн биллибитэ. Суол-иис кыараҕас, куһаҕан кэмигэр, гараж тутулла илигинэ тоҥ тимири көрүү-харайыы күчүмэйдээҕэ. Ону ол диэбэккэ уопсай дьыала туһугар турунуу олус күүстээҕэ. Тоҥтон толлубакка, ириэнэхтэн иннибэккэ иннитин хоту эрдээхтик баран иһэрэ.
Олоҕун доҕоро Мария Дмитриевна Дегтярева (Охлопкова) II Бэрт Ууһугар дьадаҥы колхозтаах ыалга төрөөбүтэ. Кини аҕата Дмитрий Петрович Охлопков Күөл Эбэҕэ “Кыһыл кэккэ” холхуос биригэдьиирэ этэ. Хараҥаттан хараҥаҕа харбыалаһан хаһаайыстыбаны хаҥатарга харса суох сыралаһан, Хаа Миитэрэй дуо дэппитэ. Кыра уҥуохтаах, кырбадаһын бэйэлээх, кыһамньылаах хаһаайынынан биһирэппитэ. Кини икки кыыстааҕа, онтон улахана Маайа, сэрииттэн, суттан тэптэрэн ситэ үөрэммэккэ, холкуоска ыанньыксытынан үлэлээбитэ. Аҕатын курдук аһары үлэһит, түргэн туттуулаах төһүү сүөсүһүт буолбута. Олох ыардарын, охсууларын тулуйан, олоххо дьулуурунан, үлэҕэ ситиһиилэринэн, дьоҥҥо дьоһун сыһыанынан бэркэ биһирэппитэ. Эгэлгэ үлэҕэ эриллэн, кыраны-кыамматы аһынар-хараһыйар мааны майгылааҕа. Бэйэтин саастыыта Дьөгүөрдүүн холбоһон, алта ньургун уолу, түөрт нарын кыыһы төрөтөн, герой Ийэ буолбута.
Дьөгүөрдээх Маайа дьоллоох оҕо саастарын уоттаах сэрии былдьаан, үлэ, олох оскуолатыгар уһаарыллыбыттара. Онон да буолуо, доруобуйалара кэмин иннинэ кэхтэн, олохтон эрдэлээн барбыттара.
Кинилэр сүрэхтэрин чопчулара, олохторун сулустара – уолаттара, кыргыттара улаатаннар - ситэннэр, оскуоланы бутэрэн, орто – анал үөрэхтэнэн, олох суолун тутаннар, үлэһит бэрдэ буоланнар үүнэ-сайда сылдьаллар. Иэримэ дьиэни иччилээн, иитэр сүөһүнү күрүөлээн, төрүүр оҕону төлкөлөөн, улаҕата биллибэт, уҥуоргута көстүбэт олоҥхо дойдутун оҥорсуһан-тутуһан, уҕараабат уоҕунан ахсаабакка сыраһаллар.
Иван Афанасьевич Охлопков- Туймалыырап
2010 сыл.
КУОЛА
Дегтярев Николай Ефимович, кырдьыар диэри Куола дэппит, 1935 сыллаахха балаҕан ыйын 10 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ эрдэ, утуу-субуу күн сириттэн бараннар, ийэ-аҕа тапталын билбэккэ хаалбыта. Бииргэ төрөөбуттэрэ бэһиэлэр эрээри, тулаайах хааланнар, улахан убайдара Ньукулай, кыра бырааттара Михаил, атын дьоҥҥо иитиигэ бэриллибиттэрэ. Бэйэлэрэ, туох- хайдах буолуохтарын, абаҕаларын, Ньукулай кыыһа Маайа, күүһүнэн кэриэтэ тулаайах оҕолору тиэйэн аҕалан көрүүгэ ылбыта. Маайа бэйэтин этиитинэн, аҕалбыппын көрөн баран, тээтэм туох да диэбэтэҕэ, диирэ. Ол кэмнэ, ас-таҥас кырыымчыгар, бу күүстээх быһаарыныы этэ. Ол иһин, эдьиийдэригэр махталлара улахан.
Сэрии сылларын оҕолоро... . Бу кэмнээҕи оҕолор, бары кэриэтэ аччык-туор олоҕу эттэринэн-хааннарынан билбиттэрэ. Улахан кураан туран, онно эбиитин аһыҥа хойдон, сут суоһаабыта. Бастаан утаа, 1941-1944 сылларга, колхуос тэрийбит дьааһылатыгар сылдьар, онтон 1944 сыллаахха оскуолаҕа үөрэнэ киирэр. Орто Эбэҕэ интернат дьиэтэ аһыллан, элбэх оҕону өлөр өлүүттэн быһаабыта. Онно иитиллибит дьон үксүлэрэ завхоз Аананы олус үтүө тылынан ахталлара. Төһө да ас кырыымчык буоллар, оҕолор тыыннаах хаалалларын туһугар оскуола, интернат үлэһиттэрэ сыраларын уурбуттара.
Ньукулай, бэйэтэ оонньоон кэриэтэ этэринэн, уон сыл туругуран туран үөрэнэн сэттэ кылааһы бүтэрбитим, диирэ. Дьиҥэ, тулаайах оҕо, доруобуйата да, таҥас-сап да өртүнэн татыма онно эппиэттэбэт буолан, көтүтэрэ баар суол. Оннук, кыһынын үөрэнэн, сайынын үлэ үөһүгэр сылдьан Кыайыы өрөгөйүн билсиһэн, оҕо сааһа ааспыта. Кыра эрдэхтэриттэн, колхуос туох баар үлэтигэр, оҕоруокка, окко, бааһынаҕа, сиэмэ ыраастааһыныгар, улахан дьону кытта тэҥҥэ сылдьыһаллара, үлэ ымпыгын-чымпыгын эттэринэн-хааннарынан билбиттэрэ.
18-с сааһыгар, кыран бэрт эбит диэн, армияҕа ылбатахтарыттан, олус кыһыйан туран ахтара. Дьиҥэ, кэлин, сахаҕа орто уҥуохтаахтарга лаппа киирсэр киһи этэ, ол оҕо сааһын аас-туор олоҕо таайан, кэлин улааппыта.
Баара эрэ 19 саастааҕар, “ Лена” совхозка 1954 сыллаахха үлэһитинэн киирэригэр, номнуо 13 сыл 2 ый үлэ ыстаастааҕа. Ол аата, алта сааһыттан колкуос үлэһитинэн буолар.
Ол кэмҥэ, бөдөҥсүтүү баран, Дьампыны, Өлүнньэхтээҕи, Күөл Эбэни холбоон Бэйдиҥэни саҥалыы тутуу күүскэ барбыта, үгус дьиэлэр көһөрүллэн кэлбиттэрэ. Тутуу күөстүү оргуйара, үлэ дьоно быыс булбакка бары көхтөөхтүк туруммуттара.
1967 сыллаахха трактористар куурустарын бутэрэн “Лена” совхозка тракториһынан үлэлээбитэ. 1971 сылтан Бороҕоҥҥо көһөн киирэн, Межколхозстройга, онтон дорожнайга суол оҥоһуутугар тракториһынан үлэлээбитэ. 1976 сыл дойдутагар төттөрү көһөн кэлэн совхозка рабочайынан, сылгыһытынан, 1981 сылтан 1992 сылга пенсияҕа барыар дылы “күөх маассаны” бэлэмнииргэ звеноводтаабыта, ол кэннэ совхозтар эстиэхтэригэр дылы кадровай булчутунан сылдьыбыта.
Николай Ефимович тапталын, олоҕун аргыһын Мария Иннокентьевнаны сөбүлүү көрөн, өйдөһөн 1960 сыллаахха ыал буолбуттара. Винокуровтарга, киэҥ аймахха, күтүөт буолта.
Мария Иннокентьевна, Үөһээ Өлтөх сириттэн, Истээхтэн төрүттээх Винокуров Иннокентий Федорович II, Курбуһахтан төрүттээх Александра Михайловна ( Аммосова ) дьиэ кэргэнин, бииргэ төрөөбүт биэс оҕолоруттан улаханнара. Өр сылларга оҕо иитиитигэр, Бэйдиҥэнэн, Бороҕонунан воспитателинэн, детсад сэбиэдиссэйинэн үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
Мария Иннокентьевна, Николай Ефимович, дьоҥҥо үтүөттэн атыны санаабат этилэр. Куруутун кыһалҕалаах дьоҥҥо күүс-көмө, өйөбүл буолаллара. Хас да кэм сельсовет депутаттарынан талыллан үлэлээбиттэрэ. Олоххо, инникигэ, сырдыкка тардыһыылара элбэх дьоҥҥо, оҕолоругар холобур буолбута, аймах-билэ дьоннуругар киэҥ ытыктабылы ылбыттара.
Николай Ефимович, Мария Иннокентьевна, олох уларыйыытыгар, бочуоттаах сынньалаҥҥа да олордоллор, кэм ирдэбилинэн, “Мэндиэрэ” бааһынай хаһаайыстыба тэриммиттэрэ. Ньукулай Күөл Эбэҕэ, Бэрэттэн ампаар үүтээнин көһөрөн аҕалан, төрүттэрин сиригэр уотугар сайылык оҥостубута, күрүө-хааһаа тэриммитэ. Сылын аайы, ыам-бэс ыйыгар, сайылыктарыгар көһөн-айгыраан тахсан, сир-уот аһатан, алгыс түһэрэн, бэрт дуоһуйа сайыннарын атаараллара. Үөлээннэхтэрин кытта, бэрт аҕыйах да буоллаллар, оҕолор, сиэннэр кэлэннэр Күөл Эбэҕэ саҥа тыыны киллэрбиттэрэ, өтөхсүппэтэхтэрэ.
Төрдүлэрин, дьоннорун-сэргэлэрин үтүө ааттарын үйэтитэн, быраатын Ефим Дегтярев көмөтүнэн Күөл Эбэ тоҕойугар сэриигэ барбыт, төннөн кэлбит саллааттарга анаан өйдөбүнньүк пааматынньык туруорбута. Урукку умуһах сиригэр айылҕа дьиктитэ, араас мас үүнэн тахсыбыт сирин көрөн, күрүөлээн, сэргэ туруоран алҕаппыта.
Ньукулай, төрүкү даҕаны, убайдарын курдук, айылҕаны ытыгылыы-маанылыы көрөрө, алтыһара. Ханна да сырыттар сиэри-туому толору тутуһара, ол иһин да буолуо, убайдарын курдук сорсуннаах, байанайдаах булчут этэ. Бултаабыт булдуттан, балыгыттан дьонун-сэргэтин матарбакка күндүлээн кэлбитэ. Сирэ-уота ону да билэн, бэрсээхтиир буолара.
Айылҕаттан айдарыылаах кэпсээнньитин, ис иһиттэн үөрүнньэҥ буолан дьон бары да астына бэлиэтииллэрэ. Улуу Өксөкүлээх Өлөксөй “ Уол оҕо барахсан” хоһоонун олус итэҕитиилээхтик, кырдьык да оннук эбит диэбиттии аҕара. Сир-сир аайы элбэх атас-доҕор дьоннордооҕо. Тойуксут да талааннааҕа. Биир кэмҥэ, Гаврил Колесов, саха талааннаах артыыһа, кини тойугун истэн баран, улаханнык хайҕаабыта баара.
Николай Ефимович, олоҕун тухары, төрөөбүт дойдутугар улахан тапталын, бэриниилээҕин илдьэ сылдьара. Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Өлтөх нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Николай Ефимович, боростуой тыа киһитин олоҕун олорон, тапталлаах кэргэнинээн Мариялыын, дьиэ-уот туттан, оҕо иитэн, бу сиртэн толору дьоллоох олоҕу олорон барбыта. Билигин, кинилэр олохторун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.
Дегтярев Николай Николаевич, уола
2018 сыл.
УЛЬЯНА
Биһиги ийэбит, Федотова (Дегтярева) Ульяна Ефимовна, ахсынньы ый 18 күнүгэр 1939 сыллаахха Уус Алдан улууһун II Бэрт Ууһун нэһилиэгин, дьадаҥы бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕата 1899 сыллаах төрүөх Дегтярев Ефим Николаевич, бастакы кэргэниттэн (Дегтярева Матрена Семеновна, 1906 сыллааҕы төрүөх) икки уоллаах Егор уонна Николай. Иккис кэргэниттэн, биһиги эбээбит, Суотту Алаҕарыттан төрүттээх Неустроева, икки уоллаах. Бэһис оҕонон күүтүүлээх кыыс, биһиги ийэбит төрөөбүт. Кинилэр олорбут сирдэринэн Бэрт Ууһун Таампара алааһа буолар. Ийэлээх, аҕата утуу-субуу, ийэбит биир сааһыгар күн сириттэн күрэммиттэр. Эбиитин сут-кураан, сэрии ыар сыллара саҕаламмыттара. Биэс оҕо, чороҥ соҕотох, тулаайах хаалан аймахтарынан, интернатынан сылдьарга күһэллибиттэрэ. Ийэбит оҕо сааһа араас ыарахаттары, атаҕастабылы да көрсөн, доруобуйатыгар улаханнык оҕустарбыта. Кыһыл оҕо сааһыгар атаҕар искэн тахсан түүннэри-күнүстэри ытыыра. Аҕата саха быһаҕынан искэнин тэһэ кэйэн тобугун уутун таарыйан, ийэбит доҕолон буолан улааппыта. Күөл Эбэттэн сатыы Орто-Эбэ оскуолатыгар тиэстэллэрэ. Убайа Николай Ефимович, элбэхтэ санныгар сүгэн балтын үөрэттэрбитэ. Орто-Эбэҕэ 5-6 кылааска дылы үөрэммитэ. 1957 сыллаахха Новокузнецск куоракка баран сүрэх операциятын ааспыта.
1964 сыллаахха, олоҕун аргыһын, Эдьигээнтэн төрүттээх Федотов Владимир Михайловиһы көрсөн, ыал буолбуттара.. Ол саҕана, аҕабыт Дьокуускай куоракка Саха государственнай университетын горно-инженернай факультетыгар үөрэнэрэ. Хангалас бөһүөлэгэр ыал буолан олохторун саҕалаабыттара. Аҕабыт чох хостооһунугар шахтаҕа, ийэбит почтаҕа, совхозка үлэлээбитэ.
1965 сыллаахха улахан уол Федор, 1967 сыллаахха иккис уол Михаил төрүүллэр.
1968 сыллаахха, аҕабыт дойдутугар Эдьигээҥҥэ көһөн бараллар. Аҕабыт совхозка прорабынан үлэлээн, икки этээстээх уопсай дьиэлэри туталлар.
Ийэбит айылҕаттан бэриллибит кэрэ куоластааҕа, уус-уран самодеятельность араас тэрээһинигэр көхтөөхтук кыттара. Хаста да лауреат аатын сүкпүтэ.
1969 сыллаахха күүтүүлээх кыыс Любовь төрүүр. Дьоммут 1970 сыллаахха Кыстатыамҥа көһөллөр. Ийэбит детсадка сиэстэрэнэн үлэҕэ киирэр. 1971 сылаахха кыра уол Терентий төрүүр. Ол сайын ийэбит дойдутугар, Орто Эбэҕэ көһөн кэлэн, иккиэн коррекционнай оскуолаҕа үлэҕэ киирэллэр. Ийэбит кастеляншанан, аҕабыт оскуолаҕа учууталынан, баспытааталынан өр сылларга үлэлээбиттэрэ. Хас да сыл сельсовет депутатынан талыллан нэһилиэккэ улахан өҥөнү оҥорбута.
1972 сыллаахха кыра кыыс Сусанна күн сирин көрөр. 1980 сыллаахха, ыарыыта бэргээн Новосибирскай куоракка сурэҕэр иккис операциятын ааһар уонна инвалидноска тахсар. 1990 сыллаахха, алтынньы ыйга ыарахан ыарыыттан туораабыта.
Биһиги ийэбит, ыарыйдар да олус күүстээх санаалааҕа, олоххо тардыһыылаах буолан, биэс оҕону төрөтөн, иитэн-харайан улаатыннарбыта, эбээ буолар үөрүүтүн билбитэ. Дьоҥҥо сыһыана элэккэйэ, дьон өйүгэр-санаатыгар сырдык өйдөбүлгэ хаалбыт. Ыалдьар буолан эми-тому билэрэ, эмтээх оттору хомуйан, чугас дьонун эмтиирэ, дьон махталын ылара. Дэлэҕэ этиэхтэрэ дуо: “Куһаҕан быраастааҕар ордук”, - диэн. Ыалдьытымсах, минньигэс астаах хаһаайка этэ. Түүлээҕинэн бэргэһэ, этэрбэс тигэрэ. Аҕам ааттаах этэрбэс улларааччы, оһохчут этэ. Сөбүгэр кэтэх хаһаайыстыбалаахтара, ньир-бааччы орто ыал сиэринэн олорбуттара.
Биэс оҕо, ыал ийэлэрэ, аҕалара, эбээлэрэ, эһээлэрэ буолан, араас идэлэри баһылаан үлэлии-хамныы сылдьабыт. Улахан уол Федор Өлөөн улууһун администрациятын тутуу отделын главнай специалиһа, Михаил Орто Эбэ коррекционнай оскуолатын баспытаатала, Любовь Мэҥэ-Хаҥаласка Дьабыл орто оскуолатыгар үрдүк категориялаах музыка учуутала, СӨ култууратын туйгуна, Терентий Эдьигээн профессиональнай лицейыгар харабылынан үлэлиир, Сусанна Эдьигээҥҥэ парикмахер, “Сыл бастыҥ урбаанньыта” номинация хаһаайката.
Дьоммут билигин 16 сиэн, 14 хос сиэн олохторун салгыыр кэнэҕэски ыччаттардаахтар.
Ийэбит биһиэхэ, кылгас да олоҕу олордор, күүстээх санаата, олоххо тардыһыыта, ийэлии истиҥ сыһыана үтүө холобур буолан сырдык мөссүөнэ биһиги өйбүтүгэр сүппэт сулус буолан хаалбыт.
Самойлова Любовь Владимировна, кыыһа.
Нуораҕана сэл. 2017 сыл.
МИИСЭ
Мин, Замятина Елизавета Дмитриевна, төрөөбүт дойдум Булгунньахтаах. Олоҕум аргыһыныын, Замятин Михаил Дмитриевичтыын 1961-1962 сылларга көрсөн билсиспиппит. Бастакы көрсүһүүбүт Булгунньахтаахха биэчэргэ этэ. Миша элбэх кыргыттар быыстарыттан миигин чопчу көрөн , илиибиттэн сиэтэн үҥкүүгэ ыҥырбыта, онтон ылата билсэн барбыппыт. Оччолорго Миша армияттан сулууспалаан кэлэн, Мохсоҕоллоох колониятыгар үлэлии сылдьара. Билсиһиибит уһаабатаҕа, иккиэн бэйэ-бэйэбитин сөбүлээммит олохпутун холбообуппут.
Ол курдук, Уус Алдан улууһуттан Өлтөх нэһилиэгиттэн төрүттээх Дегтяревтар аймахха, кэргэним дьонугар, кыра кийиит буолбутум. Кэргэним биэс бииргэ төрөөбүттэр, түөрт уол уонна биир кыыс. Миша кыра уоллара буолар. Бу оҕолор эрдэ тулаайах хааланнар, мин кэргэним Миша атын ыалга иитиллэн Замятин буолан хаалар.
Холбоһон баран Мохсоҕоллооххо аҕыйах кэмҥэ олорбуппут. Бастакы оҕобут Наташа 1963 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Ол кэннэ Өктөмҥө, Чапаев диэн дэриэбинэҕэ көһөн кэлэн олохсуйбуппут. Кэргэним Миша, Дьокуускай куоракка суоппар куурсугар үөрэнэн, молоковоз массыынаҕа суоппардаабыта. Мин дояркалаабытым.
1964 сыллаахха иккис оҕобут Марита төрөөбүтэ. 1966 сыллаахха үһүс оҕобут Лариса төрөөбүтэ.
Миша биһиги олохпут дьоллоох кэмнэрэ, хомойуох иһин олус кылгас буолбута. Күндү киһим 1967 сыллаахха, ыам ыйын 29 күнүгэр быстахха былдьанан күн сириттэн хомолтолоохтук барбыта. Сүрэхпэр-быарбар ыар сүтүктээх, үс кырачаан оҕолорбун кытта соҕотох хаалаахтаабытым.
Кэргэним Мишам, олус элэккэй, холку майгылаах этэ. Наар үөрэ-мичилийэ сылдьара, кылгас да буоллар биһиги олохпутугар, кинини кытта этиспиппитин, кыыһырсыбыппытын өйдөөбөппүн, эйэлээх баҕайытык олорбуппут.
Миэхэ ыанньыксыттыыр эрдэхпинэ, ынах ыаһан көмөлөһө олороро харахпар бу баардыы көстөр. Оҕолорун наһаа сөбүлүүрэ.
Санаам көтөҕүллүүтэ, олоҕум салҕыыта оҕолорум-чыычаахтарым, үс кэрэчээн кыргыттарым буолаллар. Дьылҕа-хаан оҥоһуута оннук буоллаҕа. Үс кырачаан оҕолоох огдообо хаалан, оҕолорбун иитэр, атахтарыгар туруорар эппиэтинэс соҕотох санныбар сүктэриллэн, үлэ үөһүгэр түспүтүм. Сылайар-сынньанар диэни аахсыбакка үлэлээн-хамсаан, оҕолорбун этэҥҥэ атахтарыгар туруоран, дьон оҥортоотум диибин.
Үчүгэйдик, эппиэтинэстээхтик үлэлээбит үлэм түмүгэр, элбэх наҕараадаларынан чиэстэммитим.
Чемпион, “Техник-осеменатор ХХ века”, “Заслуженный работник сельского хозяйства Российской Федерации” ааттары ылары ситиспитим.
Кыргыттарым үһүөн ыал ийэлэрэ, үстүү оҕолоохтор, 16 сиэннээхпин. Соҕотох да буолларбын, дьон тэҥинэн үчүгэй олоҕу олордум, дьоллоохпун диибин!
Замятина Елизавета Дмитриевна,
кэргэнин ахтыыта
2018 сыл.
Дегтярева Мария Иннокентьевна
Биьиги ийэбит Мария Иннокентьевна Дегтярева (Винокурова) 1937 сыл от ыйын 20 кунугэр Өлтөх нэһилиэгэр Истээххэ Винокуровтар дьиэ кэргэттэригэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ, Винокурова (Аммосова) Александра Михайловна - Өлөксөөс, Курбуһахтан төрүттээҕэ, колхозка ыанньыксыттыыра. Аҕата, Винокуров Иннокентий Федорович II – Аччыгый Лэгэнтэй, колхуос тутаах үлэһитэ, булчут, балыксыт, тутааччы. Бэйэтин лаппа кыанар киһи этэ.
Уоттаах сэрии кэмигэр улааппыт оҕо буолан, уот-кураан, сут кэмнэрин этинэн- хаанынан билбит буолан, ол туһунан олус хараастан туран саныыра, улаханнык кэпсии барбат этэ, ыйыттахха сөбүлээбэтэ. Бу кэмнэргэ аччыктааһын үгүс ыалы таарыйбыта. Ордук, Үөһэ Өлтөхтөр мөлтөөбүттэрэ диэн этэрэ. Аҕалара, Аччыгый Лэгэнтэй, Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар, Алдаҥҥа балыкка сылдьар буолан, бэйэлэрэ эрэ хаалан олус мөлтөөбүттэр. Бэйэтэ кыл тыына эрэ хаалан оһоххо өйөнөн, эбээбит аччыктаан дарбаччы иһэн, сатаан хамсаабат да буолан олордохторуна, эһээбит баттаһа кэлэн тыыннаах хаалбыппыт диэн кэпсээн турар. Бу, аас-туор олох, кэлин эбээбит уонна ийэбит доруобуйатыгар улахан охсуу буолбута.
Сэрии уота уҕараан, быйаҥнаах кэмнэр кэлэннэр, олох сыыйа тупсан испитэ. Винокуровтар алта оҕоломмуттара. Ийэбит, улахан оҕо буолан, балтыларын, бырааттарын Розаны, Васяны, Кешаны, Клараны, Шураны көрүү-истии киниэхэ сүктэриллибитэ. Оскуолаҕа Өлүнньэхтээххэ киирбитэ, онтон Орто Эбэҕэ үөрэммитэ. 50-с сылларга бөдөҥсүтүү буолан, дьоммут Бэйдиҥэҕэ көһөн киирэллэр уонна улахан кылаастар суох буоланнар онус кылааһы Бороҕоҥҥо, эдьиийигэр Мааппалаахха олорон бүтэрбитэ. Олус кэрэ сэбэрэлээх, уһун уҥуохтаах кыыс этэ диэн элбэх киһи ахтар. Көнө майгытынан, аҕыйах да саҥалаах буоллар туруорсубутун ситиһэр, үҥкүүһүт, спортсмен бэрдэ этэ. Ол кэннэ, Дьокуускайдааҕы педагогическай училищаҕа үөрэнэн, 1960 сыллаахха иитээччи идэтин ылан дойдутугар үлэлии тахсыбыта. Бу үөрэнэр кэмнэригэр куоракка эмиэ эдьиийэ Мааппа, улахан күүс-көмө буолта. Петровтар, Марфа Федоровна, Дмитрий Максимович бэйэлэрэ да элбэх оҕолоох ыал буоллаллар Винокуровтар аймах дьоно, Бороҕонунан, Дьокуускайынан оҕолор үөрэнэллэригэр, киирэллэригэр-тахсалларыгар, олохсуйууларыгар олус улахан күүс-көмө буолбуттара. Ол иһин кинилэр дьиэ кэргэттэригэр барҕа махтал тылларбытын тиэрдэбит. Үөрэнэр кэмигэр, оччотооҕу ыччат курдук, хайыһарынан дьарыктанар, ситиһии да баар буолар. Курбуһахха пионер баһаатайынан эмиэ үлэлии сылдьыбыта. Үөрэҕэр уонна кэлин үлэтигэр күүс-көмө, наставник буолбут киһинэн Захарова (Пухова) Мария Петровна буолар. Билигин кини 92 сааһыгар сылдьар ытык кырдьаҕас буолар. Киниэхэ этэҥҥэ буолууну баҕарабыт, махталбытын тиэрдэбит.
Үлэтин саҕалыырыгар, детсад сэбиэдиссэйинэн Охлопкова клара Егоровна сэбиэдиссэйинэн, кини уонна Розалия Спиридоновна иитээччинэн, Мария Говорова поварынан, Матрена Жиркова, Александра Охлопкова техүлэһиттэринэн үлэлээбиттэрэ. Саҥа хардыы быһыытынан, оҕолору бэлэмнээн, төрөппүттэргэ аналлаах концертар ыытыллар буолбуттара. Саҥа Дьылга кулуупка утренник оҥорон, төрөппүттэри, кыра кылаас оҕолорун ыҥыран подарок түҥэтэн, оҕолору үөрдүбүппүт диэн ахтара. Бастакы хамнаһынан ийэбит иистэнэр массыына ылынан, бырааттарыгар көстүүм тигитэлээбит этэ. Иистэнэр дьоҕурдаах буолан дьиэ малын-салын, эр дьоннорун үтүлүктэрин, кээнчэлэрин олус кичэллээхтик тигэр этэ.
1962 сыллаахха, олоҕун доҕорун Николай Дегтяреву көрсөн, ыал буолбуттара. Ньукулай, бииргэ төрөөбүттэринээнкыра эрдэхтэринэ тулаайах хаалбыттара. Винокуровтар аймахха күтүөт буолан, кэлин аймах тутаах киһитэ буолбута. Биэс оҕо амарах ийэтэ, Мария Иннокентьевна, оҕолоро үчүгэй дьон буола улааталларыгар бары тапталын анаабыта. Күнү быһа үлэтигэр да буоллар, ийэбит киэһэ үлэтиттэн кэллэҕинэ, дьиэ иһэ сырдыгынан, тапталынан туолара.
Ийэбит талан ылбыт идэтигэр бэриниилээхтик, иитэр оҕолоругар олус болҕомтолоохтук, ийэлии сыһыаннаахтык үлэлээбитэ. Ииппит оҕолорун ситиһиилэринэн куруутун киэн туттара. Бөдөҥсүйбүт Бэйдиҥэ бөһүөлэгин детсадыгар, Бороҕоҥҥо олорор кэммитигэр «Кэскил» детсадка иитээччинэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ол эрэн, эбээбит ыарахан ыарыыттан эрдэ өлөн туораан, дьонун көрөр инниттэн, 1976 сыллаахха, Бэйдиҥэҕэ төттөрү көһөн кэлбиппит. Дойдутугар төннөн баран детсад сэбиэдиссэйинэн өр кэмҥэ үлэлээбитэ. Бииргэ үлэлээбит коллегалара куруутун астына ахталлара. Ол туоһутунан элбэх Почетнай грамоталар, махтал сурктар буолаллар. Хас да созывка, нэһилиэк Сэбиэтин депутатынан талыллыбыта. Ол саҕана оҕо оонньуура да аҕыйах буолара. Оҕолор төгүрүччү өртүттэн сайдыылаах буолалларыгар болҕомтотун ууран үлэлээбитэ. Суол-иис мөлтөх буолан, массыына да аҕыйах буолан, детсадка булбут малын-салын, оонньуурдарын бэйэтин санныгар сүгэн-соһон аҕалара бу баарга дылы. Бу кэмҥэ, төрөппүттэри кытта үлэ тупсубута. Оҕолору үлэҕэ, айылҕаҕа үөрэтиигэ анаан оҕуруот сирэ оҥорторон, хортуоппуй, сибэкки олордуута, теплицаҕа оҕурсу үүннэриитэ саҕаламмыта. Оҕолорго сөптөөх, анал остуоллар, олоппостор, тус туһунан вешалка ыскааптар, детсад мебеллэрэ саҥардыллан оҥоһуллубуттара. Ити кэмҥэ, совхозка, тэрилтэлэргэ үлэ күөстүү оргуйар буолан, оҕолор кыһыннары-сайыннары детсадка эргиччи сылдьар усулуобуйалара олохтоммута. Оҕолор сибиэһэй үүт аһынан, этинэн, балыгынан аһыыллара хааччыллыбыта. Сайынҥы кэмҥэ, быстах ремоҥҥа, кырааскалааһыҥҥа, сууйарга-тарыырга детсад ый эрэ аҥаара үлэтин тохтоторо. Иитии үлэтигэр КМО-лар тэриллэн былааннаах үлэ күүһүрбүтэ. Оҕолору оскуолаҕа бэлэмнээһин күүһүрбүтэ, оҕолор оскуолаҕа киирэллэригэр тылы сүһүөхтээн ааҕыыга, аһаҕас дорҕооннору уһатарга, кылгатарга үөрэх барбыта. Иитээччилэр, Анна Семеновна Яковлева, Розалия Егоровна Маркова, Акулина Татаринова олус кыһамньылаахтык, оҕолору үөрэтиигэ-иитиигэ үлэлээбиттэрин бэлиэтиирэ. Ньээккэлэр, Варвара Татаринова, Мария Местникова, Мария Пестрякова, Мария Охлопкова, повар Мария Пантилова, тас үлэһит Василий Прудецкай үтүө суобастаах үлэлэригэр махтанара.
Ситэри үлэлиэҕин, доруобуйата мөлтөөн, үлэттэн тохтууругар тиийбитэ, ол эрэн илиитин ыһыктыбакка, ыһыллыы ыарахан кэмигэр биир сүбэнэн «Мэндиэрэ» бааһынай хаһаайыстыба тэринэн тиһэх күннэригэр дылы Күөл Эбэҕэ сайылыктанан олорбуттара. Күөл Эбэ, бу кэмнэргэ иккис тыын ылбыт курдук буолбута, оҕо-уруу саҥатынан туолбута. Кинилэри батыһан, таайбыт Өлүөскэлээх, онно көһөн тиийэн сайылыыр дьиэ туттубуттара. Жирковтар киэҥ аймах оҕолоро тоҕуоруспуттара. Дьоммут саас аайы, сайылыктарыгар тахсар түбүктэригэр түспүттэрэ. Таҕыстахтарына, бары түмсэн, алаадьылаан малааһын тэрийэллэрэ, Эбэлэрин, сайылыктарын аһаталлара. Эбэлэрэ да көмүс хатырыктааҕынан, күһүнүн сир аһынан өлгөмнүк күндүлүүрэ. Ийэбит бу кэмнэри олус күүтэрэ, уһун кыһыннары ахтара.
Ыарыыта бэргээн, ийэбит 2004 сыл, атырдьах ыйын 8 күнүгэр күн сириттэн, баара эрэ 67 саһыгар күн сириттэн барбыта. Аҕабыт ол кэннэ 9 кэриҥэ сыл олорбута уонна ийэбитин олус суохтуура. Таптаан, Марияттан атыннык ааттаабат этэ.
Винокуровтар уонна Дегтяревтар киэҥ аймахтарыгар, нэһилиэкпит дьонугар, ийэлээх аҕабыт куруутун улахан убаастабылан туһаналлара. Бу олоххо букатын кэлбит киһи суох даҕаны, дьоммутун олус суохтуубут, ахтабыт. Ийэбититтэн са5алаан, балта Александра Иннокентьевна, кыыһа Давыдова Любовь Николаевна, сиэнэ Борисова Нюргуяна Павловна иитээччи идэтин баһылаабыттара. Онон педогогическай династия буола үүнэн эрэр диэн этиэхпитин сөп.
Мария Иннокентьевна оҕолоро
2021 сыл.