Бэҕэһээ, ватсапка аймахтар группаларыгар бу хаартыска хас сыллаахха түһэриллибитин быһаарсыы барда. Хаартыскаҕа бэйэтигэр 1972 сыл диэн бэлиэтэммит этэ. Ол эрэн 1974 сыл буолуон сөбүгэр курдук уонна Бэйдиҥэҕэ Ыһыахха буолуон сөп.
Маннык ырытыһыы барара олус наадалаах. Кэмин, түгэнин чопчулаан сурукка киллэрэн иһиэ этибит. Ким, өссө туох этиилээх суруйун.
Хаҥастан уҥа тураллар: Тимофеева (Говорова) Елизавета Михайловна, эбээбит Винокурова Александра (Өлөксөөс), Дьөгүөр, биллибэт киһи, Винокурова Клара, ийэбит Мария Иннокентьевна Татаринова Ленаны көтөҕөн турар, Андросова Роза кыыһын Феяны көтөҕөн турар, Местникова Кээтии арааһа Саргыны көтөҕөн турар, Федотов Володя, иннигэр Говоров Киэсэ кэргэнэ Аана, Говоров Киэсэ, Замятина Февронья (Хобороос), Дегтярев Миитээ, Портнягина Марфа, Дьяконова (Портнягина) Дуня, Портнягин Ньукулай, Маайа Протодьяконова оҕотун көтөҕөн турар, Дегтярев Сааска.
Оҕолор: Дегтяревтар Люба, Надя, Уля, Миша, Коля, Федотова Люба, Андросов Витя, кини кэннигэр ?, Охлопков Сэмэн, Дегтярева Варя, ???